25
Баллы
жюри
0
Баллы
читателей

Я - король и ты король

Арай биирдэ тойон күүлэйдиии тахсыбыт.
Саадын иһигэр хаама сырыттаҕына иннигэр баар дьон бары тэйэн биэрэллэр эбит.
Ол да буоллар биир киһи суол ортотугар хамсаабакка турарыгар кэтиллэ түһэр.
-Тойоҥҥо суолу биэр!
Билбэт киһитэ харыс да халбарыйбат, көрөн баран турар.
-Ээй (анньар)! Аһар миигин! Мин тойоммун, - диэн тулуйбакка кыланна.
-Мин эмиэ тойоммун, — диэн анараата ыксаан ылар
-Эн?! - диэн тойон киһи дьиктиргиир.
Утары иһэр киһи эмиэ соһуйан хаалар.
Иккиэн бэйэ-бэйэлэрин көрө-көрө хаамаллар.
Тойон ийэтэ наар этэрин санаан кэлэр: туох баар мөккүөрү тылынан быһаарсыахха сөп...
Ол санаанан салайтаран кини бу түбэлтэни охсуһуута суох быһаарыан санааламмыт.
-Эйиэхэ тойоҥҥун бигэргэтэр докумуон баар дуо? - бастакы тойон ыйытар.
-Суох! Оттон эйиэхэ?
-Миэхэ биэс бигэргэтэр дьонноохпун.
-Ону тугуй? Миигин кытта эмиэ уон икки подданнай уонна кыра ыт тэҥҥэ сылдьар.
-(ньаҥ!) - ыт сөбүлэспит курдук үрэн ньаҕыйар.
Кэпсэтии хаайтаран хаалар.
-Оттон тойон ырыатын үөрэппитиҥ? - диэн бастакы тойон ыйытар.
(Ыраахтааҕыбыт өссө да мохсоҕол! Эһэ-һээй, Уонна кини бытыгар чыычаах уйа туттар).
-Бэрт да бэрт! Ырыаҥ олус үчүгэй, - диэн ыраахтааҕы хайҕыыр.
- Үчүгэй даҕаны, тыла арыый атын. Уонна тойуга:
Биһиги ыраахтааҕылаах буоламмыт, биһиэхэ улахан дьол.
Кинилиин судаарыстыбаҕа холку уонна сырдык.
- Ол да буоллар үчүгэй, — диэн санааҕа ылларбыт курдук утары үрдүкү баһылык эттэ.
- Чэ эрэ, бииргэ ыллыахха.
Уонна ыллыыллар. Хас биирдиилэрэ бэйэтин киэнин.
Онтон олохтоох дьон хаба тардан ыллыыллар.
Ис дууһаттан табылынна!
-Икки тойон буолара табыллыбат да? - утары иһэр тойон ыйытар.
-Суох, быһыылах. - бастакы тойон өрө тыынар.
-Пахай!
Онон бастакы тойон атаҕын наскытынан абааһыга кумахха сурааһын тардар.
-Чэ мин оол онуоха дылы тойон буолуом, онтон эн.
Трубалары тыаhаттылар уонна сад суолугар өссө ким эрэ көhүннэ.
- Тойоҥҥо суолу биэриҥ! - ол көстөр киhи хаhыытыыр.
- Дорооболоруҥ! - бастакы уонна иккис тойон тэҥинэн эттилэр, суол ортотугар сарын сарынтан өйөнсөн турдулар.
- Манна аhары элбэх тойон сылдьар!
"Үhүс киhи олуона" диэн этии итинник үөскээбит эбит.
Комментарии
Вход и регистрация в Папмамбук
Зарегистрироваться на Папмамбук

Введите имя и адрес вашей электронной почты, на который мы вышлем ваш личный пароль