30
Баллы
жюри
0
Баллы
читателей

Имя для взрослого

Супермост


Ася Петрова
Улахан киьи аата.

-Мин кимминий?
- Эн кыра куобахчааццын.
- Сеп. Мин ессе кимминий?
-Ммм, - диэн ийэтэ толкуйга туспут, - ессе эн кыра ыт о5ото5ун.
-Сеп, ессе?
- Мин саныахпар, сеп буолуо. Эн бэйэн да5аны куобаххын уонна ыт о5ото5ун.
- Мин куобахпын уонна ыт о5отобун, ол гынан баран ессе туохпун эрэ, кып-кыра туохпун эрэ, мин кимминий?
- Кырачаан…крокодил о5отобун?
-Суоох.
- Кырачаан…слон о5отобун?
-Суох, слон о5ото диэн наьаа судургу.
-Оччо5о мин билбэппин.
-Оттон эн толкуйдаа ээ.
-Кырачаан…хаас о5ото5ун?
- Кырдьык, ессе мин кырачаан хомуокпун.
- Хомуок – диэн аьары дии. Эн туох эрэ улахан буола5ын?
-Суох. Мин кырабын. Мин кыра хомуокпун, куобахчаан эбэтэр ыт о5ото.
- Ыт о5ото уонна ыт син биирдэр буолла5а дии.
-Суох, син биир буолбатахтар.
- Чэ, буоллун.
- Хайдах? Хай сах буттэ? Ийээ, ессе оонньуох кыратык!
- Биьиги бары кыыллары барытын ааттаатыбыт дии. Оччо5о кыра сибиинньэ о5ото буолуоххун ба5арбаккын да!
- Эн бэйэн сибиинньэ5ин!
Хас киэьэ ахсын биьиэхэ дьиэбитигэр итинник буолара. Утуйуох иннинэ ийэм миэхэ кэлэн миигин сыллаан ылара уонна биьиги оонньуурбут. Ийэм миэхэ анаан араас таптыыр тыллары толкуйдуохтаа5а. Мин онно себулэьиэхтээ5им, эбэтэр себулэьиэ суохтаа5ым. Ол тумугэр миэхэ араас элбэх таптал аат толкуйдаммыта.
- Мин аччыгый аьыца5а маарынныыбын дуо?
- Суох, аьыца диэн уен буолла5а дии, - диэн ийэм этэрэ.
- Мин эмиэ уен буолла5ым дии!
- То5о итинник диигин?- диэн ийэм кыыьырбыта.
-Мин кыра аьыцабын.

Итинник хос ааттартан ураты миигин ессе Петя, Вася, Ваня диэн ааттыахтарын ба5арарым.
Ийэм миигин хаадьылаан, онтон биьиги куруук кулсэр а5ай этибит. Оннук сырыттахпытына биирдэ эмискэ наьаа кутталлаах тугэн буолбута, ол иннинэ барыта учугэй этэ.
Ааспыт куьун оскуола5а саца кэлбит аа5ыы учуутала кылааска бары баарбытын бэрибиэркэлээри эппитэ: «Петя Лапшин», онуоха мин иьиттим истибэтим илиибин ууммутум.
-Эн Петя Лапшиццын дуо?-диэн ыйыппыта.
-Суох. Мин Витя Федящевпын.
Учуутал соьуйбуттуу мин диэки кербутэ, онтон мин хайдах киниэхэ быьаарыахпын билбэтэ5им, то5о диэтэргит миигин ийэм ардыгар Петя диэн ааттыыра.
Уерэх кэнниттэн учуутал миэхэ кэлэн Петя диэн ааты куруук билинэ5ин дуо диэн ыйыппыта. Мин уопсайынан билинэрбин эппитим. Онуоха кини аны Саша диэн аатынан ыцырдахтарына эргиллэ5ин дуо диэбитэ. Мин эмиэ ол аакка эргиллэрим туьунан эппитим. Кини онтон соьуйбатах курдук туттубута уонна бары мин билинэр ааттарбын этэрбэр кердеспутэ. Мин этэн са5алаабытым:
-Петя,Ваня,Костатин…
-Константин дуо?-диэн хатылаабыта.
-Суох.Костатин. То5о диэтэххэ мин кэтит уцуохтаахпын.
Учуутал мин харахпын бол5омтолоохтук кербутэ.
-Эмчит миэхэ итинник эппитэ,- айан этэр диэбэтин диэн тоьо5олоон эппитим,- Оннук…
Миигин ситэри этиппэккэ ейдеебутун биллэрбитэ. Сарсыццы кунугэр кылааьым салайааччыта ийэбэр эрийбитэ.Тугу кэпсэппиттэрин мин билбэппин эрээри, ийэм санаата туспут этэ. Утуйуом иннинэ ийэм хоспор киирбитэ уонна куруук оонньуурбут оннугар кини кыыьырбыта, аны ааттарынан оонньууру тохтотобут диэбитэ.
-То5о?
-Итинник сатаммат. Эн хаьан да итинник буолла5ына улаатыа суоххун.
-То5о?
-То5о диэтэргин улахан киьи о5оттон уратыта, кини ким буоларын чуолкай билэр.
-Мин ейдуубун ээ, мин киммин! Мин баара суо5а ахсааммынан эрэ элбэхпин, мин кыра норуот буолабын.
-Суох.Эн норуот буолбатаххын, эн уолгун. Эн аатын Витя.
-Миигин Витя диэн ааттыылларын мин себулээбэппин.
- Мин ону билбэппин. Сарсыццаттан ыла ханнык да атын ааттаммаккын! – диэт ийэм эргиллэн ааны аспыта.
-Оччо5уна бугун оонньуохпутун сеп дуо?
Эппиэт иьиллибэккэ аан сабыллыбыта.
Ол туун сатаан утуйбата5ым. Мин ааттарбыттан арахсыахпын ба5арбата5ым. Кинилэр олох тыыннаах этилэр. Кинилэр мин соро5ум этилэр. Ваня саксофонна оонньуура. Петя акварелинан муораны уруьуйдуур этэ. Костатин тустуунан дьарыктанар этэ. Онтон эмискэ миэхэ ча5ылхай ей кэлбитэ. Арай бэйэм саксофонна оонньуум, тустуунан уонна уруьуйунан дьарыктаныым?
Сарсыарда уьуктаат дьонум утуйар хосторугар кетен тустум:
-Ийээ,ийээ, мин уруьуй , муусука уонна успуорт оскуолатыгар барыахпын ба5арабын! Оччо5о мин ааттарбын холбоон биир ааттанабын.
Бастаан ийэм мин этэрбин ейдеебете5е, оронугар олоро туьээт боччумнаахтык эппитэ:
- Учугэй толкуй, ол гынан баран биири таларга куьэллэ5ин.
-Онтон ийээ, мин этэбин дии, барытын тэцинэн дьарыктаныахпын наада, оччо5уна хас да эбии аат наадата суох буолар.
-Онтон мин эйиэхэ этэбин дии, улахан дьон талаллар. Эн барытын тутатына тэцинэн сатаан оцорбоккун.
-Оччо5уна хайдах талабын?
- Туохтан эрэ са5алаа ээ, оччо5о кестен иьиэ.
Ол кунтэн ыла сыл курдук ааста, мин икки ааты тала сырыттым. Мин уруьуйдаан да кердум, туох да куттуеннээх тахсыбата, онтон мин Петя буолбатахпын ейдеетум. Онтон мин тустан са5алаабытым да себулээбэтэ5им, онон Костатин буолбатах эбиппин диэн ейдеебутум. Сарсын муусука кылааьыгар барыам.
Мин наьаа куттанабын, арай мин олох да Ваня буолбатах буолуом диэн.
- Ийээ, мин ааппын талыахпар дылы оло5ум тиийиэ дуо?
-Тиийиэхтээх.
-Арай тиийбэтэ5инэ,эн хомойуон дуу?
-Онтон мин хомойуом суо5а, оло5ун онно тиийиэ5э. Онтон билигин утуй.
-Ийээ,тохтоо эрэ мин эйигиттэн ессе ыйытардаахпын.
-Тугу?
-Эн кыыьырыан дуу?
-Кыыьырыам суо5а.
-Мин кыра аьыца5а майгынныырым кырдьык дуу?
Комментарии
Вход и регистрация в Папмамбук
Зарегистрироваться на Папмамбук

Введите имя и адрес вашей электронной почты, на который мы вышлем ваш личный пароль